Главная |
Кадровый состав | Исследовательские проекты |
История лаборатории | Гранты и конференции | Экспедиции |
уу кыһалҕалара
Киһи-сүөһү элбээн,кэлэр кэмнэргэ уу проблемата күүскэ туруо диэн үөрэхтээхтэр суруйбуттара ыраатта. Сахабыт сирэ киэн, уубут элбэх буолан итинник этиилэри тыал тыаһын курдук истэрбит.
Былыр былыргыттан саха норуота өрүс-күөл эҥэрдэнэн олорбута. Бастаан ынахтарын айаҕын батыһан алаастарынан тарҕанан, онтон отутус сыллартан саҕалаан оҕолорун үөрэхтээри, оскуола тула мустубуттара. Хаһаайыстыбалар киин уһаайбаларыгар хас эмэ сүүһүнэн сүөһү киирэр хотонноро баар буолуталаабыттара уонна уу боппуруоһа сытыытык туран барбыта.
Ол кэмнэргэ уу кыһалҕатын миэстэтигэр ким хайдах сатыырынан быһаарара. Үксүгэр олохтоох матырыйаалтан 1-2 миэтэрэ үрдүктээх буор быһыттары тутуталаан, бөһүөлэктэр сүөһүлэрин уулаталларыгар удобнай сирдэргэ күөллэри үөскэппиттэрэ.
1. Угут уонна кураан сыллар алтыһыылара
Айылҕаҕа уу үс көрүҥэ тэҥҥэ көстөр–уу, муус уонна былыт. Эмиэ ол курдук саха норуота үөскүүр эйгэтин үс араҥаҕа араарар - аллараа, орто уонна үөһээ дойду диэн. Орто дойдуга уу баар буолан, от-мас, тыынар тыыннаах барыта үөскүүр. Олорор орто дойдубут, ирбэт тоҥноох да буоллар ото-маһа соҕуруу дойдуттан уратыта суох үүнэр-сириэдийэр, чахчы да тыынар-тыыннаах үөскүүрүгэр анаан айыллыбыт курдук айылҕалаахпыт.
Кэлин кэмҥэ Сир үрдүгэр собуот фабрика элбээн, салгыҥҥа күн уотун киллэрэн баран таһаарбат араҥалар үөскээн килиимэт итийиитэ барда. Итийии түмүгэр үрдүк хайаларга үөскүүр муус болгуолар ирдилэр, муустаах акыйаан мууһа ууллан, уутун иэнэ лаппа улаатта. Айылҕаҕа салгыҥҥа эргийэр уубут балаансата лаппа улаатан турар, онон хас эмэ уонунан сыллар тухары салҕанан барар уу үйэтигэр олоробут. Илин эҥэргэ тахсар “Лена – Туора-Күөл” диэн улахан кыһалҕаттан тутуллубут уубут ситимэ да соччо наадата да суох буолар кэмнэрэ кэллилэр.
Килиимэт итийиитэ ааспыт үйэ 80-ус сыллар инниттэн Аан дойду үрдүнэн барытынан биллэн барбыта. Хомойуох иһин, Сахабыт сиригэр килиимэппит итийиитэ сылын аайы көстөрө лаппа элбээн иһэр.Ону кытта сибээстээх сир-уот алдьаныыта,сир-дойду ууга барыыта уонна да атын кутталлаах түгэннэр эмиэ элбээтилэр. Билигин салгын сыллааҕы орто температурата 2.0-3.0 кыраадыһынан үрдээн турар. Ол түмүгэр араас тутуулар акылааттара хамсыыр, суол-иис алдьаныыта, уот линияларын опоралара сууллуулара, өрүстэр халаанныылара, күөллэр уулара тоҕута түһүүлэрэ элбиир.
Холобура, 2005- 2008 сылларга Алаһыай өрүс хаатыттан тахсан, Сватай, Аргахтаах уонна Андрюшкино бөһүөлэктэр ууга барыталаабыттара. Оччолорго Саха сирин үс улахан институттарын үлэһиттэриттэн турар “Алаһыай-2008” диэн улахан экспедиция икки сыл устата бөһүөлэктэр ууга барар биричиинэлэрин үөрэтэн көрбүтэ. Түмүгэ – килиимэт итийиититтэн,тоҥсир ириитэ улаатан, ирбэт тоҥ мууһа ирэн, сир үрдүгэр уу элбээһинэ буолбута быһаарыллыбыта. Бэйэтэ да элбэх уулаах намтал сири кыра да уу сөп оҥорор буоллаҕа. Ити бөһүөлэктэр быйыл эмиэ уу олбохтоох кыһыҥҥа киирдилэр, сирдэрэ уоттара долгун курдук өрө кутаҥныы сытар. Кэлэр сыл Алаһыай өрүскэ өссө элбэх уу кэлэрэ сабаҕаланар. Онон сотору ити бөһүөлэктэри көһөрөркыһалҕа туруох курдук. Чугас эргин бөһүөлэктэри көһөрөр үрдүк сирдэрэ суох. Булдунан, балыгынан аһаан-сиэн олорор аҕыйах ахсааннаах норуот төрүттэрин түөлбэлэриттэн, өрүстэриттэн тэйиэхтэрин баҕарбаттарын киһи өйдүүр. Сватай бөһүөлэгэ Алаһыай үөһээ сүүрүгүттэн чугас буолан ити боппуруоһу быһаарыахха сөп. Онтон Аргахтаах бөһүөлэгин арыый үөһээ өттүгэр сытар таас харгыга таһаарыахха сөп этэ да сирэ кыараҕас курдук көрбүппүт. Андрюшкино бөһүөлэги көһөрөр эмиэ уустук. Онон өрүс сүнньүн өссө үөрэтэр буоллахха, ити боппуруостар хайаан да киириэхтээхтэр.
Киин улуустарга эмиэ итинник балаһыанньа үөскээн турар. Салгын итийиититтэнирбэт тоҥ мууһа ирэн, уу да, сир-уот алдьаныыта да олус элбээтэ. Сорох бөһүөлэктэргэ саҥа дьиэни тутар көнө ньуурдаах сир да хаалбата. Ордук кураан сылларга ууну хаһаанарга анаммыт искусственнай күөллэр уонна кинилэри тутан турар быһыттар кутталланнылар.Холобура, 2013 сыллаахха Амма суолугар “Күннүк Хайатын” сыырын быара сууллан, нэһилиэк нэдиэлэни быһа суола суох хаалбытын, 2014 сыллаахха Чурапчы улууһугар “Сири-Холлогос”, онтон эһиилигэр Таатта улууһугар “Уһун эбэ”уулара тоҕо барбытын санатыахха сөп. Кэлэр сылларга маннык быһыы-майгы Илин эҥэр улуустарыгар элбиир туруктаах.
Сахабыт сиригэр сылга ортотутан 250 мм сиик ардах уонна хаар буолан түһэр. Кэлэр сиикпит үксэ арҕааттан кэлэр уоннаулахан аҥарасайынын ардах буолан түһэр. Бу кэпсиир итийии сылларыгар сайынын түһэр сиик лаппа элбээтэ уонна үксэ күһүн өттүгэр түһэр буолла. Үөһээ этэн аһарбыппыт курдук ирбэт тоҥ сайыҥҥы ирэр араҥата улаатта, кыһыммыт кылгаата. Урут 7-8 ый устата томороон тымныы турар эбит буоллаҕына, билигин баара суоҕа биэс эрэ ый буолла. Кистэл буолбатах, сорох дьыл сэтинньигэ ардахтаан соһутар, эмиэ ол курдук муус устар бастакытыгар эмиэ ардах түһэр кэмнэрэ баар буолуталаата. Урукку курдук ирбэт тоҥмут кыһын устата тымныытын саппааһын ситэ мунньуммат буолла. Ол түмүгэр ирбэт тоҥҥо кэнсиэрбэлэнэн сыппыт тымыр муустар ирэн эрэллэр. Онон итийии сыллара кэлэннэр хайа мууһа ууллан аччаата, муустаах акыйаан үрдүн мууһа ирэн уутун иэнэ кэҥээтэ. Ити барыта уу балаансатын элбэттэ уонна сир дойду ууга барарын үксэттэ.
Үгүс киһи бука бэлиэтии көрбүтэ буолуо сиргэ тобулута түспүт дьөлөҕөстөр элбээбиттэрин. Ити муустар ирэн эрэр бэлиэлэрэ. Биир эмэ уһун ардахтаах сайын аппа буолан аҥас гынан көстөн кэлиэхтэрэ ...
2. Ууну быһыттаан хаһааныы содуллара
Ааспыт үйэ ортолоруттан кураан сыллар буоланнар уонна тыа хаһаайыстыбата улаатан үрэхтэри, өрүстэри бысталаан хас бөһүөлэк аайы элбэх искусственнай күөллэри оҥорон дьон норуот аһаан-сиэн, бултаан-алтаан абыранан олорбута. Ол эрээри килиимэт итийитэ саҕаланан итинник быһыттар кэлин мээнэ алдьаныталыыр буоллулар.
Ааспыт икки сылгаИрбэт тоҥу үөрэтэр институт научнай үлэһиттэрэ Чурапчы күөлүн уонна кинини бүөлуу сытар Куоҕалы уонна Харыылаах быһыттарын үөрэттилэр.Үөрэтии түмүгэр быһыттар туруктара соччо үчүгэйэ суохтарабилиннэ. Күөл тула сир мууһа ирэн дьөлө түһүүлэр, биэрэктэр сыыллан, тостон түһүүлэрэ олус элбээбит. Ордук элбэх алдьаныы күөл хоту атаҕар Энергетиктэр бөһүөлэктэрин диэки элбээбит. Уорпсайынан тутуу барбыт сирэ барыта да энчирээбит. Геофизиканан тыктаран көрүү түмүгүнэн Харыылаах быһытын уҥа биэрэккэ сыстар кыната мөлтөх туруктаах. Липпэлээх күөл биэрэктэрэ өссө күүскэ алдьанан эрэллэр.
Биһиги санаабытыгар Чурапчы күөлэ сиэри таһынан улааппыт. Дьиҥинэн билигин сүөһүтүн, киһитин ахсаанын аахтахха хас эмэ бүк сабырыйар уу мунньуллан сытар. Онон бу күөл уутун ааҕан-суоттаан баран балачча түһэрэн биэрдэххэ эрэ сатаныыһы.Наада эрэ буолар уунухаалларыаххасөпэбит.
Быһыттар температуралара лаппа үрдээбит уонна турар сирдэрэ мууһа ирэн түһэн иһэр буоланнар быһыттар кэдэйэн намтаан иһэллэрэ бэлиэтэннэ. Сотору сылын аайы ыытыллар өрөмүөҥҥэ бэриммэт буолар туруктаахтар.
3. Хайдах дьаһаныахха?
1. Килиимэт уларыйыытын кытта сибээстээх сир-уот алдьаныыта, бөһүөлэктэр ууга барыылараСахабыт сирин бары улуустарыгар көстөр буолла.
2. Ирбэт тоҥ уонна уу кыр өстөөөхтөр -уу тохтообут сирэ хаһан баҕарар ирэн, тостон барааччы, ононүрэхтэри быһыттаан ууну хаһааныы эрэлэ суох буолан эрэр.Онон сири уоту алдьаппат сыалтан ууну турбаларынан илдьиини-аҕалыыны киэҥник туттуохха.
3. Оҥоһуллубут сүдү тутууну“Лена-Туора-Күөл”ситимин туһаҕа таһаарыахха. Ол инниттэн ситим ааһар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ууну харайар искусственнай резервуардары сир алдьамматын гына свая үрдүгэр тутан туһанан көрүөххэ.
4. Ынахтары күөлгэ киллэрэн уулатары тохтотуохха. Турба устун кэлбит ууну туһанан ынах уулатар хааччахтарын оҥоруохха. Оччоҕо эрэ көнө ньуурдаах, алаас сирдээх бөһүөлэктэр киртийиилэрэ аччыа, экологиялара тупсуо этэ.
5. Урут кураан сылларга үөскээн хаалбыт искусственнай күөллэри ууларын түһэрэн айылҕа сирин чөлүгэр түһэриэххэ. Холобура билигин Чурапчы күөлүгэр 9 мөлүйүөнтэн тахса кубическай миэтэрэ уу хааллан сытар. Итиччэ элбэх уу бу нэһилиэккэ наадата суох.
6. Дэриэбинэлэртэн тэйиччи урут уу үөскүү сылдьыбыт алаастар күөллэрин чөлүгэр түһэрэн, нэһилиэнньэ сынньанар, бултуур-алтыыр сирдэрин оҥортуохха.
7. Кэлэр сылларга сир-уот алдьанара өссө да салҕананбарыаҕа, онон итинник алдьанан эрэр сирдэри көннөрөр үлэлэри ыытыахха уонна оннугар түһэрэр ньымалары көрдүөххэ.